Оҥхойбут нэһилиэгэр бу ый 11 күнүгэр дьоро күн үүннэ. Хоро, Мэйик, Оҥхой нэһилиэктэрин уонна улуус киинин «Сиккиэр» түмсүүлэрин «Саҥа дьыллааҕы көрсүһүүлэрэ буолла.
🐰💃🏻🕺🏻10 түмсүү эрбии тииһин курдук эгил — тэгил күрэстэһэн, эһиилги сылга, быйылгы Кылаан чыпчаал кыайыылаах түмсүү «Ситим» нэһилиэгэр Мэйиккэ көрсүһэр буоллубут. «Куобах шоу» күөн күрэс бэрт сэргэхтик ааста. Пародия түһүмэҕэр дьоммут сүрдээх көхтөөхтөрө көһүннэ. Омук да бэйэбит олохтоох да Эстрадабыт сулустарын ырыаларын тойуктарын , таҥастарын саптарын кыайа хото тутан көрдөрдүлэр иһитиннэрдилэр.
🧵🪡👘Талаан диэн норуокка кистэнэ сылдьарын биллибит. Маскараттары көрүүгэ иистэнньэҥнэр талааннаах тарбахтарынан чочуйбут араас айымньыларын сөҕө- махтайа көрдүбүт.
Истиҥ- иһирэх көрсүһүүлэр буоллулар. Ол курдук, Ньукулай уонна Уйбаан бу күн — төрөөбүт күннэрэ. 70 саастарын туолбут игирэлэр көрсөн ирэ- хоро сэһэргэстилэр. Урут бииргэ үөрэммиттэр, аймахтыылар соһуччу көрсүһэн үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ.
Общественнай түмсүүлэр «ыраах — чугас» диэбэккэ, тыйыс тымныыны аахсыбакка, тэринэн, бэлэмнэнэн кэлэн, көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.